Вы сейчас просматриваете Уус Алдан баһаарынай этэрээтэ – республикаҕа бастаата

Уус Алдан баһаарынай этэрээтэ – республикаҕа бастаата

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Спорт
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Муус устар 4-5 күннэригэр Дьокуускай куоракка баһаарынай-быыһыыр сулууспалар икки ардыларыгар республикатааҕы күрэх ыытылынна.

10 хамаандаҕа балаһыанньа быһыытынан 5 эр киһи, 2 дьахтар буолан, уопсайа 3 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр.

Биһиги улууспут хамаандатын састаабыгар Игорь Петухов, Валерий Бурнашев, Афанасий Саввин, Геннадий Сергеев, Мирослав Прибылых, Илья Борисов, Уйгулаана Бурнашева, Алина Ларионова кытыннылар.

Баһаарынай чаас диспетчера Алина Ларионова 100 миэтирэ мэһэйдээх сүүрүүгэ 🥇 уонна иккис этээскэ кирилиэһинэн тахсыыга 🥈 миэстэни ылла, эр дьоҥҥо кирилиэстээх сүүрэн кэлэн төрдүс этээскэ тахсыыга Уус Алдан хамаандата 🥈 миэстэ буоллулар. Уопсай түмүккэ Уус Алдан баһаарынай сулууспатын хамаандата маҥнайгы миэстэни ылары ситистэ🥇🏆

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий