Вы сейчас просматриваете Волейболга I лига дьахталлар хамаандаларын икки ардыларыгар республика чемпионата түмүктэннэ

Волейболга I лига дьахталлар хамаандаларын икки ардыларыгар республика чемпионата түмүктэннэ

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Спорт
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Саха сиригэр физкультура хамсааһынын 100 сылыгар аналлаах волейболга республика чемпионата кулун тутар 16-19 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытылынна.

Биһиги улууспут хамаандата миэстэни ылары ситистэ. Быйыл, тренер Максим Аммосов, сүрүн састаапка иитэ, эрчийэ сылдьар саҥа оонньооччуларын улахан түһүлгэҕэ сүрэхтээтэ. Улууспут хамаандата күүстээх оонньуулары көрдөрөн, республика биир бастыҥ хамаандата буоларын өссө төгүл дакаастаата.

Күрэх түмүгүнэн хамаанда сүрүн оонньооччутугар Аня Готовцеваҕа “Лучший защитник Чемпионата РС(Я)” анал аат туттарылынна.

Чемпионат түмүгэ:

1 место – Дьокуускай
2 место – ХИФУ
3 место- Уус Алдан

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий