Вы сейчас просматриваете Уус Алдан ЧЕМПИОН

Уус Алдан ЧЕМПИОН

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Спорт
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Кулун тутар 1 күнүттэн Аллараа Бэстээхтээҕи “Парус” спорт.комплексыгар ыытыллыбыт, мини-футболга I лига хамаандаларыгар Саха Республикатын чемпионата түмүктэннэ

Уон хамаанда икки бөлөҕүнэн хайдан, 5 күн устата бастыыр иһин кииристилэр.

Биһиги улууспут хамаандата бэйэтин группатыгар иккис миэстэни ылан, быһаарыылаах киирсиилэргэ кыттар быраабы ылбыта уонна финалга тахсан, Миирнэй хамаандатын 4-2 ахсаанынан кыайан, Республика чемпионнара ааты сүктүлэр

Турнир түмүгүнэн Афанасий Федоровка “Лучший игрок турнира”, Андрей Ивановка “Лучший защитник”анал ааттар туттарылыннылар

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий