Муус устар 7-9 күннэригэр, Дьокуускай куоракка, ССРС спордун бочуоттаах маастара, САССР спордун маастара Петр Еремеевич Алексеев кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ХАПСАҔАЙ ЧЕМПИОНАТЫГАР, биһиги биир дойдулаахпыт Евгений Алексеев бэйэтин 95 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа кыайбытын таһынан, абсолютнай күрэххэ Аар Дархан ааты эрэллээхтик сүктэ
Биир дойдулаахпытын бу үрдүк ситиһиитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит, инникитин даҕаны улахан түһүлгэлэргэ ситиһиилэри баҕарабыт
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.