Тиит Арыыттан төрүттээх Дьокуускай куоракка, Бороҕоҥҥо олорор биир дойдулаахтарбыт, уопсайа 4 хамаандаҕа арахсан күөн көрүстүлэр.
Сыал ытыы, бильярд, шашка, эстафета, канат тардыһыыта, остуол тенниһэ курдук көрүҥнэргэ эгил-тэгил түһүстүлэр.
Түмүккэ бастакы миэстэ – Бороҕон, иккис – Дьокуускай куорат, үһүс – Тиит Арыы хамаандалара таҕыстылар.
“Чуораанчык” детсад коллектива минньигэс астаах кафе үлэлэтэн, ыалдьыттар да, көрөөччүлэр да сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Киэһээ “Айылгы” СК киинигэр эҕэрдэ кэнсиэр, кыайыылаахтары наҕараадалааһынынан тэрээһиммит түмүктэннэ.
Кыттааччылар, биир дойдулаахтарбыт бары үөрэн, астынан маннык күрэхтэһиини сылын аахсын ыытарга диэн санаалаах тарҕастылар.
Бириис туруорбут бар дьоммутугар, общественнай түмсүүлэргэ, тэрилтэлэргэ улахан махталбытын биллэрэбит.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Андрей Егоров.






