Вы сейчас просматриваете Муус устар 8-9 күннэригэр Дохсун спорткомплекска Лөгөй нэһилиэгин “ДОБУН” эр дьон түмсүүтүн түһүлгэтэ буолан ааста

Муус устар 8-9 күннэригэр Дохсун спорткомплекска Лөгөй нэһилиэгин “ДОБУН” эр дьон түмсүүтүн түһүлгэтэ буолан ааста

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Спорт
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Уопсайа 10 улуустан Дьокуускай куораттан 98 кыттааччы спорт 5 көрүҥэр илин-кэлин түһүстүлэр.

Күүстээхтэри күүстээхтэр баһыйа тутан бастыҥнар быһаарылыннылар.
Биирдиилээн көрүҥҥэ үс бастакы уол түөстэригэр мэтээл, грамота туттулар.

Көрүҥ аайы бастыҥ көрдөрүүлээхтэр харчынан бириис туттулар ону таһынан спец призтэр туттарылыннылар.

Наҕараадалааһын саамай долгутуулаах түгэнинэн ПЯТИБОРЬЕ түмүгэ буолла. Манна сылларынан, ыйааһыннарынан күүстээхтэри быһаарыы буолла. Уолаттар бары да эгил-тэгил түсүһэн күүстэрэ тэҥэ көстөр, биирдии-иккилии очконан бырахсан күүстээҕи күүстээх баһыйа тутан, уолаттар биир-биир пьедестал үрдүгэр ыстанан таҕыстылар.
Бу кыайыылаах уолаттар түөстэригэр ураты оҥоһуулаах мэтээл кэттилэр, грамота уонна уу харчынан бириис туттулар. Чыпчаал кыайыылаах тренерэ “Бастыҥ тренер” диэн бэлиэ тутта.

Ханнык баҕар күрэх бу күрэҕи салайа тутан комментарийдыыртан тутулуктааҕа биллэр, ол курдук маны барытын Артур Сокорутов икки күн устата кыайа-хото тутта.
Аныгы үйэ сиэринэн Борислав Семенов, Сергей Семенов “Мэһэй Боотур” ЮТУБ каналга быһа эфир таһааран дьон сэҥээриитин ылла.

Оҕолор үөрбүт харахтара, тренердэр махтал тыллара, бу барыта Эһиэхэ ананар Лөгөйүм бар-дьонугар уонна Лөгөйдөрүн аатын өрө тута сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, улууспут аҕа баһылыгар Алексей Васильевич Федотовка, түһүлгэни тэрийсибит бары дьоммутугар!
Улахан спорт бырааһынньыгын тэрийиигэ күүс-көмө буолбуккут иһин Лөгөй нэһилиэгин дьаһалтатын, общественнаһын уонна тус бэйэм ааппыттан бар-дьоммор улахан махталбын тиэрдэбин.

Бу улахан күрэх түһүлгэтин нэһилиэк спортинструктора Петр Перевалов көҕүлээн, дьаһалта эр дьоно, Бүөтүр Оҕотоойоп сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ, куоракка үөрэнэр, үлэлиир оҕолорбут кэлэн тэҥҥэ бары сүүрэн-көтөн, тэрийсэн, күрэҕи ыытыһан чахчы өрө күүрүүлээх спорт бырааһынньыгын оҕолорго бэлэхтээтибит.

Бу улахан түһүлгэ тэриллиитин Лөгөйүм дьоно түмсүүлээхпититтэн кыайдыбыт диэн өссө биирдэ этэн туран бука-барыгытыгар МАХТАЛ тыл бастыҥын этэбин.
Өрүү да маннык түмсүүлээх буолуоҕун!

Бука-барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ-үөрэххэ ситиһиини, олоххо дьолу баҕарабын!

Баһылык Николай Попов

Добавить комментарий