Вы сейчас просматриваете Уран Иис Хотун туоһунан алгыһа

Уран Иис Хотун туоһунан алгыһа

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Культура
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Олунньу 28 күнүгэр Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус түмэлигэр Саха Республикатын, Уус Алдан улууһун норуотун маастара, “Моҕол ураһа“ бырайыак кыттыылааҕа, Таатта улууһун культуратын сайдыытыгар кылаатын иһин, Уус Алдан улууһун социальнай-экэнэмиическэй сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына Екатерина Ивановна Колодезникова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах “Уран Иис Хотун туоһунан алгыһа” быыстапката арылынна.

 

Тэрээһин ыҥырыылаах ыалдьыттар – улуус баһылыгын солбуйааччы Борисов М.В., улуус культураҕа управлениетын начальнига Аммосов И.И., Мүрү нэһилиэгин баһылыга Аммосов В.И., Курбуһах нэһилиэгин солбуйар баһылыга Аммосова А.И. эҕэрдэ тыл этиилэриттэн саҕаланна. Салгыы иис умсугутуулаах үлэтигэр Екатерина Ивановнаны кытта бииргэ алтыспыт иистэнньэҥнэр – Мындыр уонна Оһуор утум түмсүү чилиэннэрэ кини улахан үлэлэрин, чуолаан Кыыс хаппахчыта оҥоһуллубут историятын сырдаттылар.
Бу быыстапканы Екатерина Ивановна бииргэ төрөөбүт балта Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Ирина Ивановна Васильева көҕүлээһининэн, удьуор уус салҕанан барыытын тиһигин көрдөрөр сыаллаах эдьиийин баҕа санаатын олоххо киллэрдэ. Екатерина Ивановна оҕолоро, аймахтара бэйэлэрин тус санааларын иэйэ-куойа этэн, астынан тарҕастылар. Дьоһун быыстапкаҕа Екатерина Ивановна олоҕун, айар үлэтин сырдатар хаартыскалар, туостан оҥоһуктара, кини оҕолорун, аймахтарын мастан оҥоһуктара киэҥ көрүүгэ турдулар.
Быыстапка кулун тутар 8 күнүгэр диэри туруо, кэлэн көрүҥ, сэргээҥ.

Добавить комментарий