Вы сейчас просматриваете Arctic Trophy автоэкспедиция кыттыылаахтара Саха сирин олохтоохторун кытта көрсүөхтэрэ

Arctic Trophy автоэкспедиция кыттыылаахтара Саха сирин олохтоохторун кытта көрсүөхтэрэ

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Культура
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Субуотаҕа, тохсунньу 14 күнүгэр, Пермь куораттан Arctic Trophy айанньыттар хамаандалара Ярославскай аатынан музейга «Якутская юрта» этнографическай кииҥҥэ көрсүһүү оҥоруохтара.

Көрсүһүүгэ Россияҕа, ол иһигэр Саха сиригэр ыытыллыбыт экспедициялар тустарынан кэпсиэхтэрэ.

Arctic Trophy төрдүс сылын саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ кэмигэр Россия Арктикатын эргимтэтигэр айаҥҥа турунар. Бу сырыыга хамаанда планета саамай тымныы миэстэтигэр — Саха сиригэр кэллэ уонна онкологиялаах оҕолорго айанын анаата.

Музейга көрсүһүү — 13:00 чаас. Киирии аһаҕас.

Источник: https://sakha.ysia.ru/arctic-trophy-avtoekspeditsiya-kyttyylaahtara-saha-sirin-olohtoohtorun-kytta-k-rs-htere/

Добавить комментарий