Вы сейчас просматриваете Улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата иһитиннэрэр:

Улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата иһитиннэрэр:

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата иһитиннэрэр:

Ааспыт 2022 сылга улууска 28 баһаар регистрацияланна. Дьон олорор дьиэтигэр, олбуор иһинээҕи тутууларга 17 баһаар бэлиэтэннэ.

2023 сылга киирэн баран, 5 баһаар регистрацияланна. Чааһынай ыалларга 4 гараж, 1 баанньык умайда уонна эмсэҕэлээтэ. Баһаар тахсыытын сүрүн биричиинэтинэн: икки баһаар оттуллар оһох баһаарнай ирдэбилгэ эппиэттээбэтиттэн, икки баһаар тиэхиникэ уотун ситимиттэн, биир баһаар суотабай телефон заряднига умайан тахсыбытыттан таҕыста.

Улууспут олохтоохторо, уокка-күөскэ сэрэхтээхтик сыһыаннаһын, оттуллубут оһоҕу көрүүтэ суох хаалларыман, оҕолору дьиэҕэ соҕотохтуу хаалларан таһыттан хатаан барыман. Электрическай прибордары разеткаттан араара сылдьын. Уоту сэрэтэр, умулларар тэриллэри гаражкытыгар, дьиэҕитигэр ылан туруораргытыгар ыҥырабыт.

Умайыы тахсар тугэнигэр Баһаарнай сулууспа нүөмэрдэригэр 101, 01, 43-079 эрийэн биллэрэргитигэр.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий