Вы сейчас просматриваете Бу өрөбүллэргэ “Бэрт Хара” улууспут устудьуоннарын түмсүүтүн ыччаттара улууска ыалдьыттаатылар

Бу өрөбүллэргэ “Бэрт Хара” улууспут устудьуоннарын түмсүүтүн ыччаттара улууска ыалдьыттаатылар

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Ол курдук бэҕэһээ оскуола выпускниктарын кытта көрсөн, үөрэнэ сылдьар идэлэрин туһунан, устудьуон олоҕун кытта билиһиннэрдилэр.

Бүгүн, улуус баһылыгын Алексей Федотовы кытта көрсөн, ыытар общественнай үлэлэрин, инники былааннарын кэпсээтилэр. Алексей Васильевич улууска ыытыллар үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрдэ, итиэннэ “Бэрт Хара” түмсүү улуус ыытар улахан тэрээһиннэригэр биир бастакынан күүс-көмө, өйөбүл буоллалларыгар махтанан туран, махтал суруктары туттарда, өссө даҕаны инникитин, бу курдук түмсүүлээхтик сылдьан, төрөөбүт улуустарын сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэ сылдьалларыгар баҕа санаатын тиэртэ.

Кулун тутар 12 күнүгэр, “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар устудьуоннар бэйэлэрин күүстэринэн туруорбут кэнсиэри көрдөрүөхтэрэ. Оҕолорбут айар талааннарын кэлэн, сэргии көрөргүтүгэр ыҥырабыт!

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий