Кулун тутар 3 күнүгэр, Уус-Алдан Өлтөҕөр Олег КОЛЕСОВ-ТАЛБАН салайааччылаах авторскай биэрии ыалдьыттыыр.
Билигин Саха телевидениетын устар бөлөҕө Николай Гаврильевич ПЕСТРЯКОВУ кытары көрсө сылдьар. Талааннаах мас ууһун үлэлэрэ ыалдьыттары сөхтөрдүлэр. Салгыы устар бөлөх тыа хаһаайыстыбатын туһунан,ону тэҥэ иистэнньэҥи, тимир ууһун кытары көрсүөҕэ.
Уус-Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-службата.




