Вы сейчас просматриваете Олунньу 22 күнүгэр “Кэскил” оҕо тэрилтэтигэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах аралдьыйыы буолан ааста

Олунньу 22 күнүгэр “Кэскил” оҕо тэрилтэтигэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах аралдьыйыы буолан ааста

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Тэрээһиннэрбитин Г. В Егоров аатынан Мүрү 1 оскуолатын Николаев А. А салайааччылаах “Мүрү” военнай – патриотическай кулууп оҕолоро кэлэн киэргэттилэр. Кинилэр строевой хаамыыны, автоматы ыһыыны -хомуйууну көрдөрдүлэр.

Аҕаларбыт, убайдарбыт уонна улахан, орто, бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун кыттыылаах 5 түһүмэхтэн турар военизированнай эстафета буолла.
Аҕаларбыт, убайдарбыт эстафетаҕа сыалы ытыыгы, автоматы ыһыыга, хомуйууга, сүүрүүгэ кытыннылар.

Түмүккэ бастакы команда кыайыылааҕынан таҕыста.

Тэрээһини физкультура инструктора Тарский Л.П. тэрийэн ыытта. Аҕалар уолаттарын кытта ыкса сибээстэрэ, Ийэ дойдуларын бэриниилээх буола иитэллэрэ маннык тэрээһиннэр төһүү буолаллар. Бары оҕолорун илиилэрин сылааһынан оҥорбут бэлэхтэрин тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Иитээччи Нарыйаана Егорова иһитиннэриитэ.

Добавить комментарий