Вы сейчас просматриваете «Россия ийэлэрэ» Уус Алданнааҕы хамсааһына.

«Россия ийэлэрэ» Уус Алданнааҕы хамсааһына.

Уус Алданнааҕы «Россия ийэлэрэ» хамсааһын уонна улуустааҕы дьахтар сүбэтэ республика үрдүнэн ыытыллыбыт «От мам Якутии С любовью» диэн акцияҕа кыттыһан, «Ийэ илиитин сылааhынан» диэн үгүс өрүттээх тэрээһини тэрийэн ыыттылар.

“Россия ийэлэрэ”, улуустааҕы дьахтар сүбэтин актива, “Күндүүнэ” ансаамбыл, Мындаабатааҕы сынньалан киинин түмсүүлэрэ 80 устуука балаклаваны тигэн, Байаҕантай нэһилиэгин дьахталларын түмсүүтэ 22 балаклаваны баайан туттардылар, итиэннэ «Дэлэй» маҕаһыын ИП Егоров Тимофей Тимофеевич, элбэх оҕолоох ийэ Светлана Иннокентьевна Аржакова, Түүлээх нэhилиэгин дьахталларын түмсүүтэ халыҥ таҥас аҕалан, улууска биллэриллибит «Ийэ илиитин сылааhынан» акцияҕа кыттыһан, бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.

Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан ийэлэр илиилэрин сылааhынан тигиллибит ичигэс таҥаһы, Дьокуускай куоракка анал штабка киирэн туттардылар.

«Россия ийэлэрэ» Уус Алданнааҕы хамсааһына.

Добавить комментарий