Олунньу 1 күнүгэр, улуус түмэлигэр СР уус-уран оҥоһуктарын маастара, худуоһунньук Саргылаана Семеновна Рожина сырдык кэриэһигэр анаммыт “100 былас холустаҕа – Уус Алдан” быыстапка үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Тэрээһиҥҥэ түмэл директора Дьулустан Михайлович Заболоцкай, улуустааҕы култуура салалтатын начальнигын солбуйааччы Лена Семеновна Павлова, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Василий Иванович Аммосов, улууска үһүс саас оскуоланы тэрийбит Домна Николаевна Бурнашева уонна Мария Петровна Колодезникова, “Кустук” изостудияны салайбыт Сусанна Семеновна Аммосова эҕэрдэ тыл эттилэр, баҕа санаа бастыҥын кэрэ эйгэни сэҥээрээччилэргэ анаатылар.
Кэлбит ыалдьыттар Саргылана Семеновна туһунан сылаастык элбэҕи, үгүһү ахтан-санаан аастылар. Ол курдук, бииргэ төрөөбүт быраата, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Россия бочуоттаах суоппара, Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына Захар Семенович Рожин ахтыы оҥордо. Быыстапка ис хоһоонун Мария Колодезникова сырдатта.
Быыстапкаҕа Саргылана Семеновна Рожинаны кытта алтыспыт айар куттаах дьон үлэтэ түмүлүннэ. Кини көҕүлээһининэн нэһилиэкпитигэр үһүс саас оскуолата ситимнээхтик, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээбитин түмүгэр элбэх киһи талаана арыллыбыта, дьоҕура сайдыбыта. Бу үлэлэр ортолоругар Третьяковскай галереяҕа турбут, бүтүн Россиянан, республиканан араас таһымнаах быыстапкаларга дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыт хартыыналар турдулар.
Быыстапканы олунньу ый 10 күнүгэр диэри кэлэн көрүҥ, сэргээҥ.


