Вы сейчас просматриваете Лөгөй нэһилиэгэр “Молодой педагог Заречья” эдэр учууталлар күрэхтэрэ буола турар

Лөгөй нэһилиэгэр “Молодой педагог Заречья” эдэр учууталлар күрэхтэрэ буола турар

Муус устар 4, 5 күннэригэр Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгэр кэккэ предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр Лөгөй орто оскуолатын базатыгар “Молодой педагог Заречья” диэн ааттаах эдэр учууталлар күрэхтэрэ буола турар. Ол курдук бу күрэххэ 6 улуустан 13 учуутал кэлэн кытта сылдьар. Күрэҕи ИРОиПК экспертэрэ, ону таһынан улуустартан биирдии представитель сыаналыы сылдьаллар. Уопсайа 13 кыттааччы 19 эксперт иннигэр бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын, методическай таһымнарын көрдөрөн, араас предметнэй хайысхаларынан кыайыылаахтар тахсыахтаахтар. Уопсайа 4 цикл үлэлии турар. Бастакы күҥҥэ семинардары, аһаҕас уруоктары көрдөрдүлэр, анал бырайыактарын көмүскээтилэр. Иккис күҥҥэ маастар кылаастар, төгүрүк остуоллар уонна педсоветтар ыытыллыахтара. Бу улахан тэрээһин эдэр учууталларга бастакы үктэл, төһүү күүс, улахан уопут ылыныыта буолара саарбаҕа суох. Манна хас биирдии кыттааччы элбэҕи билэр-көрөр, үүнэр сайдар. Маны сэргэ бу күрэх Илин Эҥэр оскуолаларын үлэлэрин уопута тарҕанарыгар төһүү күүс буолар. Быйылгы күрэх Лөгөй оскуолатыгар ыытыллыыта мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук 2022 сыллаах күрэх кыайыылааҕынан биһиги оскуолабыт историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Василий Васильевич Бережнев буолбута. Кыайыылаах учуутал оскуолатыгар тэрээһин ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу маннык күрэхтэргэ биирдиилээн кыттааччы эрэ буолбакка, бүтүн хамаанда үлэтэ эмиэ көстөр диэн этэр наадалаах. Бу күрэххэ кыайыылаах аатын сүкпүт учуутал «Сыл бастыҥ учуутала” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттар быраабы ылыаҕа. Буола турар күрэххэ бары кыттааччыларга ситиһиини баҕарабын. Учуутал үрдүк аатын өрүү үөһэ тута сылдьаргытыгар баҕа санаабын тиэрдэбин.

Ыстатыйаны суруйда: Айгыына Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.

Добавить комментарий