Вы сейчас просматриваете Бу сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 17 оскуола тутулунна

Бу сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 17 оскуола тутулунна

2022 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 17 оскуола тутулунна, 4000 тахса үөрэнээччигэ миэстэ тэрилиннэ. «Үөрэхтээһин» уонна «Демография» национальнай бырайыактарынан оройуоннарга барыта 410 миэстэҕэ аҕыс оҕо саада тутулунна. Бу туһунан СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова социальнай ситимнэргэ быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ. Маны таһынан, 317 «Точка роста» үөрэх киинэ, икки коррекционнай оскуола уонна 12 үөрэх тэриллиитэ саҥа мастарыскыайданна. «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» федеральнай барыайыак чэрчитинэн 52 спортивнай саала өрөмүөннэннэ, куруһуоктарга уонна сиэксийэлэргэ миэстэлэр тэрилиннилэр.

© sakha-sire.ru сайтан: https://sakha-sire.ru/bu-sylga-erespyybylyke-yrdynen-17-oskuola-tutulunna/

Добавить комментарий