Вы сейчас просматриваете Кулун тутар 22, улуус баһылыга Алексей Федотов улуус сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэ сылдьар общественнай түмсүүлэри кытта көрүстэ

Кулун тутар 22, улуус баһылыга Алексей Федотов улуус сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэ сылдьар общественнай түмсүүлэри кытта көрүстэ

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Көрсүһүүнү улуус общественнай түмсүүлэрин координационнай киинин салайааччыта Лена Павлова салайан ыытта. Улуус баһылыга Алексей Федотов киирии тылын кэнниттэн, түмсүүлэр бэйэлэрин ыытар үлэлэрин, инники өттүгэр былааннарын, санааларын кытта аһаҕастык кэпсэттилэр, саҥа сонун этиилэри киллэрдилэр.

Түмсүүлэр этиилэрин истэн баран Алексей Василеьвич түмсүүлэр улуус сайдыытыгар улахан күүс буолалларын бэлиэтээн туран, олоххо баар уопуккутун, сатабылгытын, уопсай дьыала туһугар үлэлиир үлэҕитин көлүөнэ ситимин быспакка, эдэр ыччакка тиэрдэн, иҥэрэн, педагог уонна наставник сылыгар күүскэ үлэлииллэригэр баҕа санаатын эттэ, ону сэргэ, олорон хаалбыт биирдиилээн дьону бэйэҕэ тардан, дьон-сэргэ ортотугар таһааран, дьарыктарга кытыаран, олоххо тардыһыыларын күүһүрдэргэ санааларын үллэһиннэ.

Түмүгэр маннык общественнай түмсүүлэр улуус дьаһалтатын кытта көрсөн кэпсэтиилэрин, квартал аайы ыытарга сөбүлэстилэр.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий