Бырабыыталыстыба отчуотун үһүс бөлөҕө Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторун кытта 18:00 чаастан көрүстэ.
Мунньахха дьон сааланы толору мустан бырабыыталыстыба отчуотун иһиттилэр, элбэх боппуруостары биэрдилэр, киэҥник кэпсэтэн, мунньах 3 чаас устата ыытылынна.
Билиҥҥи кэмҥэ чугаһынан оттук мас суоҕунан, сылтан сыл аайы оһох оттор ыараан иһэрин бэлиэтээн туран, чааһынай ыаллары ититии ситимигэр киллэриини күүскэ туруорустулар. Билигин үлэлии турар котельнай кыамтатын кэҥэтэр гына былааннанан тутуллубутун, онно эбии оһох турдаҕына ыаллары ититии ситимигэр холбуурга үлэ ыытылла турарын иһитиннэрдилэр.
Нэһилиэктэргэ хаарбах дьиэлэри тутууга, суол оҥоһуутугар, саҥа оҕо уһуйаанын, спортсаала тутуутун боппуруостарыгар тохтоотулар, санааларын үллэһиннилэр.
Түмүгэр бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.









