СӨ ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникация министерствотын миниистирэ Петр Шамаев салайааччылаах Бырабыыталыстыба отчуотун 3 бөлөҕө I-кы Өспөх нэһилиэгэр отчуоттаата.
Нэһилиэк олохтоохторо үүт харчыта, экология, ититии уо.д.а. боппуруостарын көтөхтүлэр. Саҥа хочуолунай тутуутун, чааһынай дьиэлэри ититии ситимигэр киллэриини туруорустулар. Ил Дархан Айсен Николаев сайдыыга элбэх өрүттээх үлэни ыыппытын бэлиэтээн туран, Бырабыыталыстыба үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.
Түмүккэ кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлээн туран I Өспөх нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыыга кытта барбыт уолаттар дьиэ кэргэттэригэр улуус дьаһалтатын аатыттан махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттардылар, ону сэргэ Уһун-Күөл орто оскуолатын физкультураҕа учууталыгар Николай Федоровка СӨ Физическай культуратын уонна спордун министерствотын махтал суруга туттарылынна.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.









