Ааспыт 2022 сылга Дьокуускай 627 олохтооҕо ыкка ытыттаран мэдиссиинискэй көмөҕө наадыйбыт. Бу дааннайдары бүгүн, тохсунньу 16 күнүгэр, киин куораттааҕы планеркаҕа иһитиннэрдилэр.
Мээрийэ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бу дааннай 2021 сыллааҕы көрдөрүүттэн быдан аҕыйаабыт эбит. Бэлиэтииллэринэн, ааспыт сылга үксүн хаһаайыннаах ыттар дьону ытырбыттар — 350 ыт, онтон атынын — дьэллик ыттар.
Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев ыты күүлэйдэтии профилактикатын СӨ Бэтэринэриийэҕэ департаменын кытта үлэни күүһүрдэргэ эттэ.
Санатан суруйдахха, Дьокуускайга сынньалаҥ пааркатыгар дьахтары ытырбыт алабай ыт хаһаайынын көрдүүллэр.
© sakha-sire.ru сайтан: https://sakha-sire.ru/aaspytsylga-dokuuskajga-627-kihi-ykka-ytyttarbyt/