Вы сейчас просматриваете Бүгүн, СӨ кылаабынай федеральнай иниспиэктэрэ Евгений Корнеев Уус Алдаҥҥа кэлэн, үлэни-хамнаһы билистэ

Бүгүн, СӨ кылаабынай федеральнай иниспиэктэрэ Евгений Корнеев Уус Алдаҥҥа кэлэн, үлэни-хамнаһы билистэ

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Үлэлиир бөлөх бастаан Бороҕоҥҥо тутулла турар Мүрү иккис нүөмэрдээх орто оскуолагар сылдьан, тутуу хайдах түмүктэнэн эрэрин көрдө-иһиттэ, үлэ уопсай былаантан 96% туолбута бэлиэтэннэ.

Элбэх хайысхал

аах спорт саала тутуута үс түһүмэхтээх. Бастакы этабыгар сүрүннээн олоҕо уонна канализация оҥоһуллуута 100% бүппүт. Иккис этапка бастакы этээс ититиитэ уонна ис оҥоһуктарын үлэтэ ыытылла турар. Үһүс этапка 2 этээс ититиитэ, уотун тардыы, спортивнай инвентаардарын, мебеллэрин таҥыы уо.д.а. үлэлэр ыытыллыахтаахтар. Билиҥҥи туругунан үлэ 79 % оҥоһуллубут.

Маны сэргэ оҕо поликлиникатыгар сылдьан эбийиэк уопсай туругун көрдө-иһиттэ.

Салгыы Уһун-Күөлгэ 2020 сылга доруобайа харыстабыла национальнай бырайыагынан тутуллан үлэҕэ киирбит фельшердско-акушерскай пууҥҥа уонна орто оскуолаҕа сылдьан үлэ хаамыытын билистэ. Олохтоохтор оскуола үөрэнээччитэ сыл ахсын элбээн иһэринэн,

оскуоланы кэҥэтэн тутар гына боппуруоһу көтөхтүлэр.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

 

Добавить комментарий