Вы сейчас просматриваете Успуорт лауреаттарын чиэстээтилэр

Успуорт лауреаттарын чиэстээтилэр

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Спорт
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Ааһан эрэр 2022 сыл спорка лауреаттарын эҕэрдэлээһин “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко уонна өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов бастыҥнарга наҕараадалары туттардылар.
                                                                                          Сыл уон бастыҥ спортсмена

Бастакы нүөмэрдээх лауреатынан Европа көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, тириэньэр Александр Софроновка эрчиллэр Амма ыччата, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах успуорт маастара Владимир Егоров буолла. Биллэрин курдук, Владимир Егоров Олимпийскай оонньууларга тиийэр сыаллаах-соруктаах, аан дойдутааҕы улахан түһүлгэлэргэ Македония судаарыстыбатын аатыттан ситиһиилээхтик тустар. Санаатын маннык үллэһиннэ:

“Сыл үчүгэйдик ааста. Ситиһии да, үөрүү да баар. Дьиэ кэргэммититигэр эбилиннибит, кыыстанныбыт. Онон, ааһан эрэр сылы дьолу-соргуну аҕалбыт сылынан ааҕабын. Саҥа дьыл кэнниттэн тута, Европа чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэниибит саҕаланыаҕа. Германияҕа “Бундеслига” хамаанданан күрэхтэһиитигэр кыттыаҕым. Дагестанынан, Хасавюртунан, үрдүк хайаларынан сбордарга барыылар күүтэллэр.  Ситиһии кэлэрэ барыта бэйэҕиттэн, бэйэ кыаҕар итэҕэйииттэн тутулуктаах дии саныыбын. Сырыыбар-айаммар, бэлэмнэниилэрбэр Сахам сирэ, биир дойдулаахтарым  көмөлөһөллөр. Махталым улахан. Сыалым-соругум диэн, биллэн турар, Олимпийскай оонньууларга кыттыы. Олимпиада чугаһаата. Үчүгэйдик үлэлээтэххэ көрөдрүү кэлиэ диэммин эрэнэбин уонна эрэннэрэбин. Саха сирин олохтоохторун, спортсменнары кэлэн иһэр Саха дьылынан эҕэрдэлиибин. Олоххутугар, үлэҕитигэр ситиһиилэри, дьолу баҕарабын! Дьокуускайтан дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Карина Ефимова, мас тардыһыы түһүлгэлэригэр биир да хотторуута суох, аан дойду чөмпүйүөнэ Семен Ануфриев (Уус-Алдан); боксаҕа Арассыыйа чөмпүйүөнүнэн буолары ситиспит Василий Егоров (Мэҥэ-Хаҥалас); самбоҕа Европа чөмпүйүөнэ Валерий Ергалов (Дьокуускай); уһуҥҥа сүүрүүлэргэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ уонна үрүҥ көмүс призера Наталья Леонтьева (Сунтаар); Дьокуускай спортсменнара, классическай оҕунан ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы күүстээх спортсменнар Спартакиадаларын чөмпүйүөнэ Рената Гаврильева, дуобакка Арассыыйа чөмпүйүөнэ Николай Стручков; кикбоксиҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Михаил Иванов уонна спортиҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Айаал Макаров үрдүк наҕараадаларын туттулар.

© sakha-sire.ru сайтан: https://sakha-sire.ru/uspuort-laureattaryn-chiesteetiler/

Добавить комментарий