Сылын ахсын кыра нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи волейбол күрэҕэ быйыл Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр ыытылынна. Манна Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Нам, Таатта улуустарыттан 13 нэһилиэк кыттыыны ылла.
Икки күннээх күрэх түмүгүнэн Байаҕантай нэһилиэгин кыргыттарын уонна уолаттарын хамаандалара муҥутуур кыайыылааҕынан буоллулар


Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.


