“Өркөн” оҕо эбии үөрэхтээһинин киинин үлэһиттэрэ быстах байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахпыт ийэтигэр, кэллиэгэлэригэр Саргылаана Кривогорницынаҕа дьиэтин таһынааҕы хаары ыраастыырга субуотунньуктаатылар. Ханна баҕарар быйыл өлгөм хаар түһэн, дьиэ таһыгар үлэ хара баһаам.
“Бииргэ үлэлиир чугас дьонум уонна салайааччыбыт Яков Колодезников быстах байыаннай хомуурга соҕотох уолбут барбытын өйдөөн, биһиги улахан кыһалҕабытыгар күүс-көмө буолбуттарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Бу аҕыйах сылтан бэттэх хаар уута дьиэм анныгар киирэр буолбута. Быйыл хаар ордук элбэх түһэн, саас эмиэ ууга барар буоллубут диэн санаарҕыы сылдьыбыппыт. Бииргэ үлэлиир уолаттарым кэлэннэр тэлгэһэм хаарын таһан, улахан көмөнү оҥорбуттарыттан олус диэн үөрдүм, дьиэ кэргэммит аатыттан махталбытын тиэрдэбит. Хас биирдиигитигэр баҕарыахпыт этэ доруобуйаны, дьолу, холку көнө майгыны, чугас дьоҥҥут тапталынан угуттанан үлэлээн-хамсаан, иннигит хоту айаннаан иһиҥ!” – диэн бэйэтин дириҥ махталын Саргылаана Афанасьевна тиэрдэр.
Ааптар: Ольга Шепелева



