Вы сейчас просматриваете Нэһилиэнньэ үбү-харчыны уорууттан сэрэхтээх буолуутугар аналлаах сырдатыы, сэрэтии үөрэҕэ ыытылынна.

Нэһилиэнньэ үбү-харчыны уорууттан сэрэхтээх буолуутугар аналлаах сырдатыы, сэрэтии үөрэҕэ ыытылынна.

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Бизнес
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр Уус Алдан улууһугар «Дорога финансовой грамотности открыта каждому!» бырайыак чэрчитиннэн, нэһилиэнньэ үбү-харчыны уорууттан сэрэхтээх буолуутугар аналлаах сырдатыы, сэрэтии үөрэҕэ ыытылынна.

Төлөпүөн нөҥүө түөкүттэр баантан эрийэбит диэн картаҕар баар харчыҥ сүтэр кутталланна, атын сиргэ көһөр, чугас киһин иэдээҥҥэ түбэстэ, эбэтэр улахан сүүйүү, төлөбүр уонна да атын харчы кэлиитин туһунан, кэпсээн баран карта даннайдарын ыйыталаһан туһааннаах информацияны билэн, тутатына харчы уоруулара элбээтэ.

Ол курдук биһиги улууска 2022 сыл түмүгүнэн 11 холуобунай дьыала, 2023 сылга 2 ый устатыгар 7 дьыала көбүтүллүбүт.

Маннык балаһыанньаҕа түбэспэт сыалтан тугу гынарбыт туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыала министерствотын тустаах үлэһиттэрэ, Национальнай баан исписэлиистэрэ манна миэстэтигэр кэлэн сырдатыы, сэрэтии үлэтин ыыттылар.

Убаастабыллаах биир дойдулаахтарбыт!

Хаһаан да билбэт дьоҥҥутугар картаҕыт кэннигэр баар үс сыыппараттан турар куоду, пин-куоду, пин-куоду уонна СМС нөҥүө кэлбит нүөмэри этимэн, билэр киһин соц.ситим нөҥүө иэс көрдүүр түгэнигэр билэр киһигэр эрийэн туоһулас, туох баар үп-харчы өттүгэр үлэлиир анал лицензиялаах тэрилтэлэр тустарынан Арассыыйа Баанын анал саайтарыгар киирэн билиэххитин сөп.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий