Тумуллааҕы икки этээстээх мас оскуола аварийнай туруктаах буолан 2014 сыллаахха көтүрүллүбүтэ. Онтон ыла хас да сиринэн күн бүгүнүгэр диэри үөрэнэ сылдьаллар.
Тутуллуохтаах оскуола-сад “Саха Республикатын үөрэҕин сайыннарыы” программа чэрчитинэн, 90 оҕо үөрэнэригэр, 40 оҕо уһуйаанын иитиллээчитигэр ананан тутуллар.
3228,48 квадратнай миэтирэ уопсай иэннээх, икки этээстээх таас оскуоланы “Адгезия” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутар, 2024 сылга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.








