Вы сейчас просматриваете Кулун тутар 16 күнүгэр, «Уон сыл алыптаах аартыгы дабайан» диэн улуустааҕы үһүс саас оскуола тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ ыытылынна

Кулун тутар 16 күнүгэр, «Уон сыл алыптаах аартыгы дабайан» диэн улуустааҕы үһүс саас оскуола тэриллибитэ 10 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ ыытылынна

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Бу күн бары нэһилиэктэргэ баар филиаллар 10 сыл устата араас хайысханан дьарыктанан айымньылаахтык үлэлээбит үлэлэрин быыстапката туран, дьон сэҥээриитин ылла.

Үһүс саас оскуола салайааччыта Домна Николаевна Бурнашева 21 филиалынан, улуус бары нэһилиэктэрин хабан, 10 сыл устата ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы, тэрээһиннэрин, ситиһиилэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ.

Үбүлүөйдээх күн “10 сыл алыптаах аартыгы дабайан” диэн, дьон кырдьар сааһыгар түмсэн, арааһынан дьарыктанан, олохторун чуумпурдубакка киэргэппит кэмнэрин кэпсиир альбом-кинигэ сүрэхтэнэн, үйэтитиллибититтэн үөрүүлэрэ үксээтэ.

СӨ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, улуус баһылыга Алексей Федотов, улууспут тэрилтэлэрин, общественнай түмсүүлэрин салайааччылара, нэһилиэктэр баһылыктара кыттыыны ылан, эҕэрдэлэрин тиэртилэр, үгүс үтүө тылларын анаатылар, инникитин өссө даҕаны бу курдук түмсүүлээхтик сылдьан, кэнчээри ыччакка холобур буолан, айа-тута сылдьалларыгар баҕардылар.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий