Вы сейчас просматриваете Антон Васильев кэлэн стратегическай сессия ыытта

Антон Васильев кэлэн стратегическай сессия ыытта

  • Автор записи:
  • Рубрика записи:Общество
  • Комментарии к записи:0 комментариев
  • Время чтения:1 минут чтения

Муус устар 14 күнүгэр СӨ Ил Түмэн иһинэн үлэлиир Эдэр ыччат парламенын салайааччыта Антон Васильев кэлэн, улуус нэһилиэктэрин эдэр депуттаттарыгар, улуус оскуолаларын “Уус-Алдан кэскилэ” хамсааһын оҕолоругар анаан дириҥ ис хоһоонноох стратегическай сессия ыытта

Сессия кэмигэр эдэр ыччат парламена хайдах буолуохтааҕый, туох сыаллаах-соруктаах үлэлиэхтээҕий, састаабыгар ким киириэхтээҕий диэн ыйытыыларга эппиэт торумнастылар.

Сессия түмүгүнэн кыттааччылар биһиги улууспутугар ыччат парламенын тэрийиэххэ диэн биир санааҕа кэллилэр.

Улуус Сэбиэтин председателя Иван Колодезников кэлэр сессияҕа Ыччат парламенын туһунан Балаһыанньаны саҥардан ылынан, саҥа састаабы талан Ыччат парламенын үлэтигэр саҥалыы сүүрээннэри киллэрэн үлэни тэрийэргэ сорук туруорда.

Добавить комментарий