Вы сейчас просматриваете Алта оскуолаҕа анал автобус күлүүһэ туттарылынна

Алта оскуолаҕа анал автобус күлүүһэ туттарылынна

Бороҕоҥҥо үөрүүлээх, бэлиэ түгэн тосхойдо. Оскуола үлэтигэр-хамнаһыгар, үөрэнээччилэр ситиһиилэригэр төһүү күүһүнэн буолар “Оскуола автобустара” федеральнай бырагырааманан анал автобустар В.А. Протордьяконов аатынан Майаҕас, Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай, Өспөх орто оскуолаларыгар “Газель” массыыналар, Суотту орто оскуолатыгар “ПАЗ” автобус күлүүстэрэ туттарылынна. Оттон улууспут дьаһалтатын үбүлээһининэн “УАЗ” микроавтобустарынан Хомустаах сүрүн уонна Орто Эбэ анал коррекционнай оскуолалара хааччылыннылар.

Ольга Шепелева

t.me/murusahargata @ulusmedia

 

Добавить комментарий