Вы сейчас просматриваете Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатыгар мусуой хоһун арыллыыта буолла

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатыгар мусуой хоһун арыллыыта буолла

Тэрээһин бастакы чааһыгар анал байыаннай дьайыыга хорсун быһыыны көрдөрөн, эдэркээн олоҕун толук уурбут 2021 сыл выпускнига Николай Голиковка аналлаах мемориальнай дуоска арыллыыта буолла.

Иккис чааһыгар бу кэрэ-бэлиэ күҥҥэ анаммыт линейка оскуола үөрэнээччилэрин, учууталлары, ыалдьыттары муста.

Эҕэрдэ тылы нэһилиэк баһылыга Петр Слепцов, оскуола дириэктэрэ Мирияна Сивцева, пед. үлэ бэтэрээннэрэ Мария Петровна, Вера Петровна эттилэр. Үөрэнээччилэр ааттарыттан харда тылы оскуола лидера Марат Дьячковскай эттэ. Коля Голиков төрөппүттэрэ Софья Гоголева, Леонид Голиков, аймахтара махталларын биллэрдилэр.

Добавить комментарий