Вы сейчас просматриваете Мүрү 2-с нүөмэрдээх орто оскуолата. Тутуу үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Мүрү 2-с нүөмэрдээх орто оскуолата. Тутуу үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Муус устар 1, тутуутун үлэтэ түмүктэнэн эрэр Мүрү 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын эбийиэгэр Саха сирин госсакааһын сулууспатын бары салаатын үлэһиттэрэ элбэх буолан кэлэн, үлэлэрин түмүгүн көрөн-истэн бардылар.

450 миэстэлээх Мүрү 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын тутуу үлэтэ түмүктэнэр эрэр. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэнээччи бары өттүнэн толору сайдарыгар анал программалары толорор роботтарынан, кылаас аайы боростуой досканы таһынан смарт дуоскаларынан, онтон да атын ханна да суох аныгы технологияларынан толору хааччыллыылаах оскуола үлэҕэ киириэхтээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, итиэннэ үлэ үчүгэй хаачыстыбалаахтык толоруллубутун көрөн астынан, үөрэн бардылар.

Онон манна үөрэнэр оҕолору саҥалыы көрүүлээх, саҥа саҕахтар кэтэһэллэр.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Добавить комментарий