Саха сиригэр кэлэр нэдиэлэҕэ -53-58 кыраадыстан саҕалаан -60-65 кыраадыска тиийэ тымныылар түһэллэрэ сабаҕаланар. Онон сибээстээн СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ бүгүн, 2023 сыл тохсунньу 15 күнүгэр оҕолору тэйиччиттэн үөрэтэр туһунан бирикээһэ таҕыста.
Бирикээскэ ыйылларынан, тохсунньу 16-18 күннэригэр дистанционнай үөрэх технологиятын туһанан үөрэтэргэ диэн ыйыллар.

Ааптар: Людмила Попова
© sakha-sire.ru сайтан: https://sakha-sire.ru/tymnyynan-sibeesteen-yereh-ministieristibete-ogoloru-tejichchitten-yereterge-ynyrar/