Олунньу 20 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр “Түһүлгэ” СК Россия байыаннай Албан аатын күнүн көрсө “Аҕа дойду көмүскээччилэрэ” истиҥ көрсүһүү, кэпсэтии бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик ыытылынна. Бэлиэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: – биир дойдулаахпыт, “Эр санаа” орден кавалера, Россия спецнааһын ветеран, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бэрт Ууһун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, республикатааҕы “Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ” Ассоцияция бэрэссэдээтэлэ, “Боотур” байыаннай үөрэтэр киин салайааччыта Черкашин Иван Петрович.
Интернационалист-буойун, Чечня сэриитин ветерана, Украинаҕа анал байыаннай дьайыылар кыттыылааҕа Бачьев Василий Васильевич – РФ инженернэй байыаннай сулууспа старшай лейтенана, “Хорсунун иһин”, “Суворов”, “За военные отличия” мэтээллэр кавалердара Храмов Анатолий Николаевич; – Украина анал байыаннай операциятын кыттыылааҕа, “Боотур” байыаннай үөрэтэр киин инструктора Заболоцкай Виктор Михайлович; – Интернационалист-буойун, Афганистан сэриитин ветерана, Россия байыаннай дьайыыларын бэтэрээнэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, СӨ баһаарынай сулууспатын туйгуна, ветерана Черкашин Семён Васильевич; – РФ ИДьМ бэтэрээнэ, подполковнига, Милииссийэ туйгуна, Бойобуой дьайыылар кыттыылааҕа, “Кавказка сулууспалаабытын иһин” бэлиэ хаһаайына Портнягин Гаврил Лазаревич. Кэлбит ыалдьыттар саалаҕа мустубут нэһилиэк олохтоохторугар, кэнчээри ыччакка – Уус-Алданнааҕы техникум студеннарыгар, Суотту, Хоноҕор оскуолаларын үөрэнээччилэригэр билиҥҥи байыаннай балаһыанньа, “Боотур” үөрэтэр киин тула олус интириэһинэй кэпсэтиини ыыттылар, инникигэ эрэллээх буолууга баҕа санааларын, сүбэлэрин эттилэр, үгүс ыйытыыга хоруйдаатылар. Нэһилиэк дьаһалтатын солбуйар баһылыга С.И. Ксенофонтов, Уус-Алданнааҕы техникум дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы П.Д. Пермяков, “Доҕордоһуу” Өлүөнэтээҕи государственнай история, архитектура түмэлин салайааччыта Н.Я. Новоприезжая эҕэрдэлээн, махтанан туран ыалдьыттарга сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Биир дойдулаахтарбыт, Иван Петрович үөлээннээхтэрин ааттарыттан Б.И.Заровняев уонна Э.К. Николаев эҕэрдэ тылларын, ыччакка туһаайыыларын эттилэр. Байыаннай дьайыыга сылдьар нэһилиэкпит ыччаттарын төрөппүт ийэлэригэр Клара Афанасьевна Заровняеваҕа, Зоя Николаевна Савельеваҕа уонна Людмила Гаврильевна Васильеваҕа “Байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ” Ассоциация “Аҕа дойдуну көмүскээччи ийэтигэр” өйдөбүнньүк мэтээллэрин Иван Петрович үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата. Байыаннай сулууспа кыттыылааҕа, эдэр дьиэ кэргэн аҕата, А.Н. Храмов ис сүрэҕиттэн суруйбут хоһооннорун долгутуулаахтык ааҕан иһитиннэрдэ. Бойобуой дьайыыларга кыттыбыт биир дойдулаахтарбытын сырдатар быыстапка турда. Анал байыаннай үөрэҕи ыытар биир дойдулаахтарбыт саха уолаттарын хорсун быһыыларын, сатабылларын кэпсээбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Истиҥ кэпсэтиигэ кыттыбыт ыалдьыттарбытыгар барҕа махталбытын этэбит. Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх, эрэллээх эр дьон баалларынан киэн туттабыт!
И. Осипова, В. Бубякина.
Хоноҕор, олунньу 20 күнэ, 2023 с.