Лөгөй орто оскуолата бэрт бэһиэлэй күнү аһарда.
КОСТЕР-2023 кылаастарынан араас көрдөөх эстафета буолла.
Станциянан оонньууга күрэхтэстилэр.
Түмүгэр кыайыылаахтары быһаардылар:
1-4 кылаастарга- 4 кылаас
5-7 кылаастарга- 6 кылаас
8-11 кылаастарга- 9 кылаас
“ЗАРНИЦА” оонньуу Геройа Арсен Соловьев 10 кылаас
Кыайыылаах хамаанда-“КЫҺЫЛЛАР”- (капитан Арсен Эверстов, 11 кл, Арсен Сокорутов, 10 кл)
5-7 кылаастар икки ардыларыгар “Комический футбол” кыайыылаах 5 кылаас.
1-4 кылаас икки ардыларыгар “Игра не стой на месте”, кыайыылаах Сулустан Протопопов 4 кылаас.
Хас биир кылаас салайааччыта, төрөппүтэ оҕолорун тугар ыалдьан тэбис-тэҥҥэ түһүмэх аайы сыһыыны биир гына сырыстылар.
Түмүккэ, САЛЮТ-2023 сырдык уотугар оҕолор үөрэн чаҕылыспыт харахтара, дьоллоох оҕо саас биир түгэнэ буолан ааста.
Екатерина Мигалкина, Лөгөй нэһилиэгэ.