Урукку Партизан Заболоцкай аатынан совхоз отделениялара Кэптэни, Хомустах, Даалы, Баатаҕай, Тулуна, Лөгөй оскуола оҕолорун хамаандалара кииристилэр.
Хамаандалар дьэ кырдьык кыайыыга эрэллээх, күүстээх бэлэмнээх кэлбиттэрэ тута бастакыттан көстөр этэ.
Ол да буоллар түһүмэх аайы күүстээҕи күүстээх баһыйа тутан, биирдии-иккилии очконан бырахсан түмүккэ:
1 миэстэ “Бэдэр” Кэптэни ыччаттарын хамаандата бастаан таҕыста.
2 миэстэ Хомустаах хамаандата
3 миэстэ Тулуна хамаандата.
Алексей Прокопьевич оҕолоро, сиэннэрэ хас түһүмэх аайы бастаабыттарга, саамай эдэр, саамай саастаах кыттааччыларга бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар.
Дохсун ытыс таһынан 3 бастакы миэстэни ылбыт хамаандаларга сыаналаах бириистэри кытта сертификат туттардылар.
Маны таһынан саамай эдэр кыттааччыларга, күрэхтэһиини салайан ыыппыт Артур Сокорутовка бэйэлэрин бириистэрин туттардылар.
Биир дойдулаахпыт «КЫНАТ» фирма салайааччыта Василий Местников оскуола уолаттарын хамаандатын оҕолоругар бэлэҕин ыыппытын Владимир Прядезников туттарда.
“Күрэххэ кэлэн кыттыбыт бары хамаандаларбытыгар, күрэхтэһиини тэрийсэн ыыппыт Алексей Прокопьевич Никифоров дьонугар-сэргэтигэр Лөгөй нэһилиэгин “Добун” эр дьон түмсүүтүн уонна тус бэйэм ааппыттан махталбын тиэрдэбин, барыгытыгар доруобуйаны, ситиһиини баҕарабын.”
Баһылык Николай Попов



