Киинэ сүрэхтэниитигэр улуус баһылыгын солбуйааччыта Михаил Борисов, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Гаврил Тимофеев, оҕону эбии үөрэхтээһин киинин салайааччыта Яков Колодезников, итиэнэ оҕотуттан саҕалаан, саастаах дьоҥҥо тиийэ, көрөөччү сааланы толору муһунна.
Киинэни уһулбут айар бөлөх үлэлээбит үлэтин билиһиннэрдэ, киинэ уһуллуутугар көмөлөспүт тэрилтэлэргэ, сүбэлээн-амалаан биэрбит бэтэрээн учууталларга махталларын тиэртилэр.
Киинэни көрбүт дьон астынан, биһирээн, үйэлээх бэлэх оҥоһуллубутун бэлиэтээтилэр.

