Кыстыкка “Танда” ТХПК уонна биирдиилээн кыра хаһаайыстыбаларга от тиийбэтэ бэлиэтэнэр. Уопсайа улуус бэйэтин иһиттэн уонна атын улуустартан 2000 кэриҥэ туонна от таһаҕастаныахтааҕыттан 866 туонната кэлэн турар. Билигин Хаҥалас улууһуттан оту уонна сенаһы таһыы үлэтэ ыытыллыа.
Быйыл кыһын улахан тымныылар түһэн, хотоннор тымныйыылара таҕыста. Ол курдук “Лена” СПК хотоно тымныйан, ону хайдах ититэргэ боппуруоһу көрдүлэр, балаһыанньаны түргэнник туоратарга сорук туруордулар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.







